Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн, күндү доҕоттор!
📖🌿📖🌿📖🌿📖🌿
Былыргы быраман дьыллартан
Кынаттаах атынан көтүтэн,
Олоҥхо, кэллиҥ дии олоххо
Үйэлэр быыстарын сэгэтэн
Олоҥхо саха омук былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта буолар.
Төрөөбүт тыл, сурук- бичик күнүгэр анаммыт олоҥхо доллоһутар тойугун, байҕал уутун курдук бараммат баайын, аан айылҕа курдук сиэдэрэй тылын- өһүн кэрэхсииргитигэр анаан, *А.С. Федоров “ Тимир куйахтаах Дьурантай Бухатыыр“ олоҥхоттон быһа тардыыны Л.Я. Гермогенова аатынан Күөрдэмнээҕи норуот тыйаатырын* дьүһүйүүтүн көрөргүтүгэр ыҥырабыт!
Олоҥхо дьикти