«Кыталык» народнай ансаамбыл 45 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Дьокуускайга Мэҥэ Хаҥалас улууһа уонна өрөспүүбүлүкэ киэн туттар народнай ансаамбыла, Арассыыйа үтүөлээх коллектива «Кыталык» 45 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир үҥкүү дьоро түһүлгэтэ ааста. Кэнсиэргэ билиҥҥи «Кыталыктар», ансаамбылтан куорсун анньыммыт хореографтар салайар «Сандаар», «Айтыын», «Дэгэй» уо.д.а. коллективтар, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сарыал», «Дружба», «Кэнчээри», «Эрэл» ансаамбыл араас кэминээҕи выпускниктара кытыннылар. Маны тэҥэ ансаамбылы Сергей Зверев - Кыыл Уолун аатынан СӨ национальнай үҥкүү театрын үҥкүүһүттэрэ уонна оркестра эҕэрдэлээтилэр. Улус.Медиа устар бөлөҕө араас көлүөнэ кыталыктары, ансаамбыл төрүттээччитэ, өр сылларга уус-уран салайааччынан үлэлээбит Василий Винокуровы кытта көрүстэ, историяны аҕынна. Сиһилии – видеоҕа.
Back to Top