#Утумнааһын: Кулун тутар ый алгыһа

Кулун тутар сааскы бастакы ый. Саха былыргы халандаарынан сыл саҕаланыыта буолар. Айыы аартыга арыллар. Айыы суола түһэр, Айыы халлаана кэлэр. Ол ону көрсөр алгыспыт бу курдук буолар. -1- Дьээ-буо! Алака-чалака! Үлэлээх олох айыыта Дьөһөгөй айыы тойон Үрүҥ тыына Үрүҥ былыт буола Бэттэх буол. Үрүҥ сылгы Үүт маҥан кылынан Күндүлээн эрэбин. Хоруу, хоруу, хоруу. -2- Дьээ! Алам-чалам! Үрүҥ былыты Үрүҥ күлүк гына Имэҥнээх хойууну ииппит Киэҥ Киэли Баалы хотун, Эрсэннээх тиэргэни тэниппит Киэли Баалы тойон Бэттэх буол, Мичик аллай, Истэ сэргэҕэлээ, Арыылаах саламаатынан Айах тутан эрэбин. Ытык тылбын ыл, Сүҥкэ тылбын көтөх. Дуом айхал. -3- Кө
Back to Top