Саха киинэтигэр ураты көстүү: Дьокуускайга саҥа киинэҕэ уһуллар ыттары сүүмэрдээтилэр
Саха сиригэр аан бастакытын киһилии саҥарар ыттаах киинэ уһуллуоҕа. Урут маннык көстүүнү соҕуруу эрэ дойдулар киинэлэригэр көрөр эбит буоллахпытына, сотору кэминэн сахалыы хартыынаҕа көрөрбүт күүтүллэр. Киинэ сценарийа Тимофей Сметанин “Мэхээлэчээн булчут“ кэпсээнигэр олоҕуран суруллубут. Бүгүн Дьокуускайга киинэни устарга бэлэмнэнии биир сүрүн түһүмэҕэ түмүктэннэ - ыттары сүүмэрдээһин ыытылынна.
Саҥа киинэҕэ уһулларга ыттары кэтэхтэн сүүмэрдээһин муус устар ый бүтүүтэ биллэриллибитэ. Уопсайа 60-тан тахса хаһаайын бэйэтин булугас өйдөөх доҕорун хаартыскатын ыыппыта диэн тэрийээччилэр кэпсииллэр. Олор ахсааннарыттан уон киинэҕэ уһуллуон сөптөөх ыты талан, түмүктүүр сүүмэрдээһини тэрийдилэр. Киинэ режиссера Александр Лукин, продюсер Сандал Баишев уонна киинэ идеятын ааптардара мустаннар, ыттартан хайалара ордук дьоҕурдааҕын көрдүлэр. “Кыттааччылар“ бары даҕаны олус талааннаах, өйдөөх буолан биэрдилэр, ол эрэн бүтэһигэр икки ыт талыллыахтаах: биирэ - улахан, оттомноох, иккиһэ - кыра, мэник.
Ураты сүүмэрдээһиҥҥэ кэлбит дьону кытта биһиги устар бөлөхпүт сэһэргэстэ. Сиһилии - видеоҕа көрүҥ!