Бүлүү уутун кистэлэҥэ | “Сырдат“ сахалыы подкаст
🎙 «Уруккутун билбэт норуот кэскилэ кэхтэр», – дииллэр. Бүлүү ГЭС-ин тутуу туһугар тимирдиллибит Туой Хайа сэлиэнньэтин историята – барыбытын хаарыйар кыһалҕа буолар. Бу кэмтэн ыла үйэ аҥарыттан ордук кэм ааста, ол эрэн баччааҥҥа диэри киэҥ араҥаҕа биллибэккэ-көстүбэккэ кистэнэн сытар.
Бүгүҥҥү биэриибитигэр «Бүлүү уутун кистэлэҥэ» документальнай киинэ ааптара уонна сценариһа, Олоҥхо билим-чинчийэр институтун алын научнай үлэһитэ Анастасия Борисова уонна киинэ продюсера, «Осиктакан» Мииринэй эбэҥкилэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Вера Афанасьева ыалдьыттаатылар. Биэриини ыытар университет 4 кууруһун устудьуона Игорь Данилов.
Эһиги «Сырдат»💡 диэн сахалыы подкаст саҥа сезонун истэҕит.
⠀
Проект Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култууратын институтун кытары би