Майа оҕолоро - “Күүлэй“ килиипкэ

Майа оҕолоро - “Күүлэй“ килиипкэ ️ Билигин Сахабыт сирин бары муннугар алаас-алаас ахсын от үлэтэ күргүөмнээхтик бара турар. Охсуллубут от дыргыл сыта, ходуһаҕа кэчигирэспит бугуллар, кэбиһиилээх оттор ханнык саха сүрэҕин үөрдүбэт буолуохтарай! ️ Бу үтүө кэмҥэ В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын “Тускул“ ансаамбылын кыттыылаахтара:  11 «в», 9 «б», 8 «в» кылаас ырыаһыт уолаттара, салайааччылара Раиса Скрябина көмөтүнэн олус истиҥ, үлэ дьонун хоһуйар  килииби оҥорон таһаардылар. Бу “Күүлэй“ ырыа ааптардарынан биир дойдулаахтарбыт - мелодист Дмитрий Санников, хоһоонун суруйбут Роман Плотников буолаллар. Прокопий Федоров режиссердаан Майа алааһыгар уһулла. Килиип уһулларыгар аҕалар эрдэттэн уолаттарын хотуурунан от охсорго үөрэттилэр, от үлэтин албастарыгар такайдылар. 11 “в“ кылаас кыргыттара, төрөппүттэр, эбээлэр, эһээлэр, кылаас салайааччылара кыһаллан туран көмөлөстүлэр, көхтөөх кыттыыны ыллылар. Саҥа килииби көрүҥ, сэргээҥ, сыаналааҥ. @gazetaerkeii [club197321747|@ulusmedia] Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Back to Top