Никандр Прокопьевич Тимофеев ““Айхал эйиэхэ, Аар-Тайҕа!”“

Ил Дархан стипендиата, олоҥхону толорооччу, олоҥхоҕо уһуйааччы Никандр Прокопьевич Тимофеев айымньылаах үлэтин үтүө түмүктэрин билиһиннэрэр ырыа ымыылаах, тойук туоналаах, ийэ тыл илгэлээх эйгэтигэр ыҥырабыт. Дьоро киэһэҕэ Никандр Тимофеев толоруутугар С.А. Зверев, Г.М. Васильев “Айхал эйиэхэ, Аар-Тайҕа!” олоҥхо-тойуктарын үһүс ырыатын, саха народнай бэйиэтэ Б. Тобуруокап “Хаар” поэматын истиэххит. Бу кэрэ түгэни ытык кырдьаҕас тойукка уһуйбут үөрэнээччилэрэ, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара В. Баланова, Я. Нюргусова, А. Кысылбаиков, Д. Тумусова, С. Олесов тойугунан киэргэтиэхтэрэ
Back to Top