Алгыстаах Амма сиригэр-уотугар быйыл сайын ыытыллар Олохо ыыаар бэлэмнэнии лэтин чэрчитинэн хас биирдии нэилиэк 214 олбох т

Алгыстаах Амма сиригэр-уотугар быйыл сайын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин чэрчитинэн хас биирдии нэһилиэк 214 олбох тигэн, 400 миэтэрэ ситии салама хатан бэлэмнииригэр түһээн түһэриллибитэ. Аммабыт дьоно-сэргэтэ үтүө үлэлэрин түмүгэр барыта 3000 олбох, 6000 миэтэрэ салама бэлэм буолла ️ Ыам ыйын 24 күнүгэр Сахабыт Сиригэр самаан сайыны уруйдуу төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт «Ньукуолун» сахалыы ырыа түһүлгэтигэр Амма улууһун нэһилиэктэрэ бар дьоммут үлэлэрин түмүгүн Олоҥхо ыһыаҕын тэрийээччилэргэ киллэрэн туттардылар Убаастабыллаах улууспут дьоно-сэргэтэ, уран тарбахтаахтара! Түмсүүлээх үтүө үлэҕит иһин истиҥник Амма улууһун дьаһалтатын уонна култуура уонна норуот айымньытын салалтатын аатыттан махтанабыт! Норуот күүһэ -көмүөл күүһэ! Source: UM Якутия
Back to Top