Түбэҕэ - саҥа оскуола-сад бастакы тирэҕэ туруорулунна
Түбэҕэ - саҥа оскуола-сад бастакы тирэҕэ туруорулунна
?Бүгүн Түбэ нэһилиэгэр бэлиэ күн үүннэ . Олохтоохтор, ыалдьыттар саҥа 90 (60/30) миэстэлээх оскуола-сад тутуутун кэрэһэлиир бастакы тирэҕи туруорууну үөрэ-көтө, долгуйа бэлиэтээтилэр. Алгысчыт Харыстаана Сыралыма Сыдьаай Үрдүкү Айыыларга, сиригэр-уотугар сүгүрүйэр сиэри-туому толордо.
Өр туруорсуллубут кэскиллээх тутуу саҕаламмытынан эҕэрдэлээтилэр: Алексей Еремеев, СӨ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн депутаттара, бюджекка уонна т/х сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ Юрий Николаев, Александр Атласов, “СӨ судаарыстыбаннай сакаастыыр сулууспата“ ГКУ ген. дириэктэрин э.т. Дмитрий Иванов, “Нам улууһа“ МТ баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев, Түбэ нэһилиэгин баһылыга Григорий Гуляев уо.д.а.
Кытыы нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, ыалдьыттар бастакы тирэх түһүүтүн өрө көтөҕүллэн, өрөгөйдөөн көрүстүлэр. Кинилэр салгыы “Айхал“ СК Түбэҕэ алын сүһүөх үөрэхтээһинэ тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кытыннылар.
Касьян Олесов-Ол...
Source: Газета “Энсиэли“. Намский улус