СИР УУСТАРА ҮӨРЭТЭР ЧЭБДИГИРДЭР КИИН ЫҤЫРАР
Кэрэ ураты айылҕалаах, эмтээх тууһунан, былыыгынан биллэр Кэмпэндээйи нэһилиэгэр хайа багарар киһи кэлэн сынньаныан, чэбдигириэн сөп. Ол курдук быйыл уһус сылын үлэлиир «Сир уустара» үөрэтэр-чэбдигирдэр киин оҕолору да улахан да дьону үөрэ көрсөр. Манна уруккута «Алроса» хампаанньа анал санаторыйа буолан турбут буоллаҕына, билигин үөрэх министиэристибэтэ оҕолору эргиччи сайыннарар, доруобуйаларын чэбдигирдэр сыаллаах «Юные Якутяне» тэрилтэҕэ сыһыаран көдьуустээх үлэ барар.