Ульяновскайга Роман Дмитриев кэриэһигэр анаммыт мас тардыһыы турнира ааһыаҕа

Атырдьах ыйын 21-23 күннэригэр Ульяновскай куоратыгар олимпийскай чемпион Роман Дмитриев сырдык кэриэһигэр мас тардыһыытыгар норуоттар икки ардыларынааҕы турнир ыытыллыаҕа. Бу күрэхтэһии Бүтүн Россиятааҕы олимпийскайа суох национальнай спорт көрүннэрин фестивалын иһинэн ыытыллар. Манна норуоттар икки ардыларынааҕы мас тардыһыы федерациятын ыҥырыытынан араас дойдуттан үгүс күүстээх спортсмен кэлэрэ күүтүллэр. Оттон Сахабыт сирин чиэһин Сергей Фролкин уонна Василий Алексеев көмүскүөхтэрэ. Делегация салайаа
Back to Top