Дьиҥ олоххо буолбукка тирэҕирбит сэһэннэр
Бэс ыйын 30 күнэ – Сардаана сибэкки күнэ!
Сахабыт сирин биир саамай кэрэ, сиэдэрэй сибэккитэ САРДААНА буолар. Бу сибэкки сахаларга ураты суолталаах – кэрэҕэ тардыһыы бэлиэтэ. Онно сиэттэрэн, бүгүҥҥү биэриибит дьикти дьылҕалаах кинигэлэр тустарынан, кинилэр ааптардарын кытта сэһэргэһиигэ ананар. Ол курдук, Сардаана Корякина-САРДААНА «Күтүөккэ хомолто», Сардаана Сивцева-Саная «Три кувшина» кинигэлэрин тула кэпсэтэр Евдокия Иринцеева-Огдо.
Бука бары Сардааналары ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
Сардаана сибэкки, эн кэрэ көстүүҥ
Долгутар мин дууһабын.
Сардаана, кэрэ көстүүҥ куруутун
Дьон дууһатын үөрдэ туруохтун!
Биэриини бэлэмнииргэ күүс-көмө буолбут Traveler’s Coffee кафе, Ботаническай саат үлэһиттэригэр улахан махталбытын тириэрдэбит.