“Кулууп уота угуйар“ үлэ сезонун аһыллыытын үөрүүлээх киэһэтэ.
Алтынньы 13 күнүгэр “Түмсүү“ сынньалаҥ киинэ “Кулууп уота угуйар“ үлэ сезонун арыйыытын дьоро киэһэтэ тэрилиннэ. “Айыллан“ норуот театра народнай коллектив ааты ылыаҕыттан 11-с театральнай сезонун Бүөтүр Хара айымньытынан туруоруллубут “Сайылык Сардааната“ комедияны көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда, режиссер Андрей Макаров. Оруолларга “Айыллан“ норуот театрын артыыстара итэҕэтиилээхтик оонньоон көрөөччү биһирэбилин ыллылар. Спектакль кэннэ художественнай самодеятельность кыттыылаахтарын эҕэрдэ концера ыытылынна. Концертка кыттыыны ыллылар нэһилиэк киэн туттар ырыаһыттара, “Дьиэрэҥкэй“ ыччат үҥкүү бөлөҕө. Көрөөччүлэр үөрэн-көтөн, дьоро киэһэттэн астынан, дуоһуйа сынньанан артыыстарга дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр, кулууп уота куруутун дьону угуйа-ыҥыра турдун.