Муус ылыы 2023 /заготовка льда / ice harvesting
Сайаҕас санаалаах, эрчимнээх үлэһит, сэргэх сайдам, үүнэр үрдүүр кэскиллээх нэһилиэкпит эр дьонноро, ох курдук оҥостон бүгүн мобилизацияламмыт биир дойдулаах уолаттарбыт төрөппүттэригэр, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, аҕам саастаах дьоҥҥо анаан 500 мууһу ылан улахан көмөнү оҥордулар. Күндү эр хоһуун уолаттарбытыгар баҕарабыт САНААБЫТ САНААҔЫТ САТАННЫН, ТОЛКУЙДААБЫТ ТОЛКУЙГУТ ТУОЛЛУН, БАҔАРБЫТ БАҔАҔЫТ БАРҔАРДЫН! Үтүөнү оҥорбуккут бэйэҕитигэр уон оччонон эргилиннин!!!