Матрена Билюкина: «Уһун үйэлэнэммин гаас кэлэрин көрөр дьоллоннум»
Матрена Билюкина: «Уһун үйэлэнэммин гаас кэлэрин көрөр дьоллоннум»
? Өлөчөй бөһүөлэгин ытык кырдьаҕаһа, 91 саастаах, 13 оҕолоох Дьоруой-ийэ, тыыл бэтэрээнэ Матрена Билюкина нэһилиэгэр гаас кэлбитинэн үөрүүтүн үллэстэр:
️ ‒ Урут кыраһыын лампа кэннэ электрическэй уот кэлбитигэр улаханнык үөрбүппүтүн үчүгэйдик өйдүүбүн. Оттон бүгүн нэһилиэкпитигэр гаас кэлэн үөрүүбүт ол тэҥэ улахан. Маһынан оһох оттон бүппүппүт сайдыы буоллаҕа. Маһы-оту кыайбат дьоҥҥо бэрт бөҕө. Кыһын устата мас бэлэмнииртэн, оһох оттортон соло буолбат этибит. Билигин кырдьар сааспар сылаас дьиэҕэ оҕолорум көрөн-истэн олороллор. Уһун үйэлэнэммин гаас кэлэрин көрөр дьоллонноҕум.
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса