🌿“Олоҥхо түһүлгэтэ“ 🌿😻👏🏻 “Мандар Уус“ саха олоҕун кэлим түмэлэ.
Баай барыылаах Баайаҕа Үрүҥ Тунах ыһыаҕар Дэли киэҥ туонатыгар түспүт илгэлээх алгыс бар дьоммутугар арчылаан тиийиэхтин, күүс-көмө буолуохтун!
Түһүлгэбитигэр ыраахтан-чугастан кэлбит айа-тута сылдьар биир дойдулаахтарбытын, ыалдьыттарбытын кытта “Олоҥхобут түһүлгэтигэр“ үс араас олоҥхону иһиттибит, сөхтүбүт, кэрэхсээтибит, эдэр кэнчээри ыччаппытын хайгыы, киэн тутта көрдүбүт! 👏🏻👏🏻
Айылҕаттан талааннаах олоҥхоһуппут - Арчыман Номоҕон толоруута чахчы үрдүк таһым буоларын кэлбит дьон-сэргэ бары көрдө, иһиттэ.
Кырдьык даҕаны, олоҥхо саха омук тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала, “шедевра“ буоларын өссө төгүл итэҕэйдибит!
☀️Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан! Уйгу-быйаҥ тосхойдун! Барыта санаа хоту болуохтун!
#музеймандаруус
🌿🌿🌿
Телеграммыт: