Василий Еремеев “САЙЫЛЫК“

Василий Еремеев “САЙЫЛЫК“ Сайыҥҥы нурал Чуумпу киэhэҕэ Сайылыгым нухарыйар Туптэ унаар буруота Тунаарыйар Эбээм эмээхсин Ынах үүрэр Сайдыыр саҥата дуораhыйар Кыhыл талаҕа Кымнньыытынан Кускурдана охсуоланар Хос ырыата: өйдөөн кэллим мин бүгүн Күндү көмүс күннэрбин Санаан кэллим билигин Саарыы остоох саастарбын Иннибэр көстөр Көнө солооhун Дьэдьэн угунан оhуор анньыммыт көҕөрө сыппыт Марха талаҕа Халдьаайы сыыры Быарыгар үүммүт Оhох иннигэр Эбээм эмээхсин Сото кэбиhэн Уотун одуулуур Табаҕын тардан Аргыый аҕай Харахтара мичирийэр Хос ырыата. Сайынны нурал Чуумпу киэhэҕэ Сайылыгым нухарыйар Түптэ унаар буруота Тунаарыйар Эбээбин санаан Сайылыгым ааспыт кэмнэрин ахта саныыбын, онно турар тиит лабааларынаан далбааталаан миигин ыҥырар
Back to Top