Ырыа уйан кутугар уйдаран... ырыа ансаамбылларын крээ
Ахсынньы ый 2 күнүгэр Суотту нэһилиэгин Хоноҕор бөһүөлэгэр “Түһүлгэ“ сынньалаҥ киинигэр Уус-Алдан улууһун киэн туттар ырыаһыта, “Түһүлгэ“ сынньалаҥ киин иһинэн үлэлиир “Илгэ“ фольклорнай, “Чугдаар“ уолаттар ансаамбылларын тэрийбит уус-уран салайааччыта, бастакы категориялаах учуутал, Саха республикатын культуратын туйгуна Мария Иннокентьевна Степанова төрөөбүтэ 70 сылыгар анаммыт “Ырыа уйан кутугар уйдаран...“ ырыа ансаамбылларын күрэҕэр биһиги нэһилиэктэн Тумултан “Туйма“ эр дьон, “Дьүөгэлиилэр“ дьахталлар, Ары Тит учаастагыттан “Кытыл“ дьахталлар вокальнай ансаамбыллар кыттыыны ыллылар. Күрэххэ уопсайа 8 ансаамбыл 2-лии ырыаны толордулар. Көрүү түмүгүнэн “Туйма“ эр дьон ансаамбыла 1 степеннээх лауреат үрдүк аатын, “Дьүөгэлиилэр“ ансаамбыл 2 степэннээх, “Кытыл“ 3 степеннээх дипломант буолары ситистилэр уонна Грамотанан, уу харчынан на5араадаланнылар. Ансаамбыл салайааччыларыгар Альберт Васильевка, Лена Заровняева5а Махтал суруктар туттарылыннылар.