“Олоҕу баарынан олоруохха“. Ааптара биллибэт

“Кыым“ хаһыат с. нүөмэрин “Имэҥ“ рубрикатыттан: …Мин курдук дьахталлары “эримсэх”, “сэлээр”, “күүлэйдьит” диэн ааттыыллар. Бииртэн элбэх кэргэннэнниҥ да, мэлдьи оннук. Оттон мин адьас сэнэммэппин. Олоххо тардыһыы биир көстүүтүн курдук ылынабын. Оҕо эрдэхпиттэн үрдүк уҥуохтаахпын. Бөдөҥ-садаҥ, көстүүлээх дьахтарга киирсэбин. Билигин төрдүс кэргэммэр олоробун. Ол түөрт кэргэнтэн түөрт оҕолоохпун. Оннук дьиэ кэргэни “хомуур” диэччилэр. Ол эрээри оҕолорум оннук санамматтар. Кимнээҕэр эйэлээхтэр, түмсүүлээхтэр. Атын дьахталлар курдук, кистиири, тупсарары сөбүлээбэппин. Онон бэйэм дьылҕабын хас биирдии чугасаһыытыгар тиийэ кэпсиир кыахтаахпын…
Back to Top