К сылдьар биригээдэлэр рс сиригэр оттууллар
Көһө сылдьар биригээдэлэр өрүс сиригэр оттууллар
️ Быйыл сайын Мэҥэ Хаҥалас улууһугар кураан дьыл буолан, алаастарга от үчүгэйдик үүммэтэ. Кыстыкка бэлэмнэнэргэ, тиийбэт оту булунарга улууска 18 мэхэньисээссийэлээх көһө сылдьар биригээдэ тэриллэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
«Быйыл бэйэбит алаастарбытыгар от үүммэккэ, Өлүөнэ өрүскэ Дьокуускай «Баҕарах» хаһаайыстыбатын арыытын иккис сылбытын түүлэһэн оттуубут, — диэн «Чүүйэ» МУТ салайааччыта Аркадий Лукин иһитиннэрдэ. – От ыйын 24 күнүгэр Мастыыр арыыга оттуу кэлбиппит. Өрүс уута намтаан, 6 тыраахтары, оттуур тиэхиньикэни, сэлээркэлэрин этэҥҥэ туоратаммыт, үлэ саҕаламмыта. От хаачыстыбата үчүгэй эбит. 425 га иэннээх аарыттан 325 туонна оту оттоотубут».
От ыйын ортотуттан Дьаҥхаады нэһилиэгин сиригэр-уотугар көһө сылдьар биригээдэнэн оттуу сылдьалларын туһунан Чыамайыкы нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Семен Уткин иһитиннэрдэ. “Быйыл биһиги улууска курааннаан, хаһан да буолбатаҕын курдук от үүнүүтэ мөлтөх. Ону Дьаҥхаады дьоно...
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса