Академик В.Н. Иванов пуондатын түмэлгэ туттарыы түгэниттэн
Академик В.Н. Иванов пуондатын “К.Д. Уткин аат. Норуоттар доҕордоһуулара түмэлгэ“ туттарыы түгэниттэн.
Тохсунньу 14 күнэ, 2022 с., Ньурба к.
“Василий Николаевич Иванов туһунан этэр буоллахха кини учуонай-историк быһыытынан Саха Сирин историятыгар сүдү кылаатын киллэрбит, элбэх, улахан үлэлэр ааптардара буолар. Ол курдук, кини 36 туомнаах «Улусы и города Республики Саха (Якутия)» диэн серия билим салайааччыта, «История Якутии», «Историко-культурный атлас Якутии» диэн улахан кинигэлэр ааптарскай кэллэктиибин салайааччыта этэ.
Кини өр сылларга (1984–2008) гуманитарнай чинчийэр үнүстүүт дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кэнники сылларга Олоҥхо үнүстүүтүн салайан улэлэппитэ. Василий Николаевич саха олоҥхотун үйэтититиигэ, харыстааһыҥҥа, олоҥхо култуура наследията буоларыгар элбэх сыратын уурбут киһи.
Академик Иванов үөрэппит сүрүн хайысхата хотугулуу-илиҥҥи норуоттар историялара, Сибиир историяграфията, Арассыыйа иһинэн национальнай сыһыаннаһыы туһунан уонна этносоциальнай хаамыылар боппуруостара буолар. Маны таһынан