Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгин оскуолатын үөрэнээччилэрэ тимиринэн, маһынан, муоһунан уһаналлар
Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр Дьүөгэ Ааныстыырап аатын сүгэр агрооскуола иһинэн Уус мастарыскыайа аһыллан үлэлээбитэ иккис сыла. Бу манна тимиринэн, маһынан, муоһунан арааһы оҥороллор. Германияттан аҕалыллыбыт 6 көрүҥү оҥорон таһаарар станогу толору туһаналлар.
Оҕолор үөрэхтэрин таһынан иллэн кэмнэригэр мастарыскыайга кэлэн уус идэтигэр уһуйуллаллар. Маны таһынан сайын уус лааҕырыгар сылдьаллар. Уолаттар бу дьарыктарын сурдээҕин сөбүлүүллэр, «инники олохпутугар туһалаах буолуо» - дэһэллэр.
Бу дь