Бээрийэ трччтн маа хас да нэилиэк бттн олоо

Бээрийэ төрүччүтүн маһа – хас да нэһилиэк бүттүүн олоҕо Бээрийэ сиригэр-уотугар 6 нэһилиэк тайаан сыппыта, 28 удьуор төрүччүтэ оҥоһуллубута. Ол история бу төрүччү маһыгар арылхайдык көстөр. Төрүччүнү дьон табыгастаахтык көрөллөрүн туһугар нэһилиэк олохтооҕо, алын сүһүөх кылаас учуутал Акулина Никифорова тас көстүүтүн толкуйдаан, айан, оҥорон таһаарбыта. “Төрүччүнү оҥоруу бэтэрэнэн үлэ буолбатах. Бээрийэ нэһилиэгин библиотекатын уонна музейын салайааччыта Туйаара Никифорова салайыытынан нэһилиэк олохтоохторо бүттүүн көмөлөөн оҥорбуппут. Туйаара Антоновна архивтан материаллары булан-талан улахан төһүү күүһү оҥорбута. Оттон нэһилиэктэр территориялара сэбирдэхтэр өҥнөрүнэн араастаһар. Нэһилиэк төрүччүтүн оҥоруу культура фестивалын ирдэбилигэр киирэр этэ. Түгэнинэн туһанан, маннык улахан үлэ оҥоһуллан үйэтитиллибитигэр Туйаара Антоновнаҕа махтанабыт“, — диэн төрүччү маһын ааптара Акулина Никифорова кэпсиир. ️Ольга Шепелева Source: УУС АЛДАН | “Мүрү саһарҕата“
Back to Top