来自МУЗЕЙ ДРУЖБЫ НАРОДОВ ИМ. К.Д. УТКИНА的视频
Биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, Ньурба түмэлигэр билим үлэһитинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Н.Г. Петров-Буруулгун 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн саҕалаан төрөөбүт Ньурбатын сирин былыргы сэргэлэрин, өтөхтөрүн, киһи уҥуохтарын хаартыскаҕа түһэрэн, устуоруйаларын суруйан үйэтитии үлэтин ыыппыта биллэр. Ол курдук кини 111 былыргы сэргэни, 125 киһи уҥуохтарын, 34 өтөҕү хаартыскаҕа түһэрбитэ Ньурба түмэлин пуондатыгар харалла сытар.
2022 сыл алтынньы 7 күнүттэн Ньурба түмэлэ Ньукулай Буруулгун сылдьыбыт, хаартыскаҕа түһэрбит сирдэринэн экспедицияны саҕалаата. Экспедиция сыала-соруга – өбүгэлэрбит хаалларбыт баай матырыйаалынай култуураларын билиҥҥи туруктарын үөрэтии уонна үйэтитии.
Экспедиция бастакы түһүмэҕэ Дьиикимдэттэн саҕаланна. Манна Нь. Буруулгун үс сэргэни уонна биир өтөҕү хаартыскаҕа түһэрбитэ биллэр.
Киинэҕэ Ньурбатааҕы К.Д. Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһуулара түмэл Н.Г. Петров пуондата;
Уонна “Виртуозы Самары“ оркестр толоруутугар композитор А.А. Моргусов “Якутская фантазия“ музыката туттулунна.
МАХТАНАБЫТ:
К.Д. Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһуулара түмэл дириэктэригэр А.А. Тумановаҕа,
Массыынанан хааччыйбыт ЛЭОК “Кыталыктаах“ дириэктэригэр В.К. Федоровка,
Суоппарбытыгар В.А. Винокуровка,
Сирдьиппитигэр П.А. Иннокентьевка.
• Ньурба түмэлин аан ситимэ
• ВКонтакте
• telegram-канаал
#эриллэҕэсыллыгынан #НьукулайБуруулгун #ньурбатүмэлэ