2017-07-31-12_59_24_225

Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар ананар Эрилик Эристиин “Бөтүҥнэр” кинигэтэ таҕыста. Манна былыргы кыргыс үйэ саҕанааҕы Бөрө Бөтүҥнэр аҕа уустара уонна Дыгын Боотур удьуордара ийэ ууҺун кытта атааннаһыылара, кыргыһыылара кэпсэнэр. Суруйааччы норуот былыргы олоҕор олоҕуран суруйбут кэпсээнигэр саха тыатын олоҕор улахан суолталаах уларыйыылар сибикилэрэ биллэн эрэллэрин, дьон өйө- санаата уһуктан, батталы утары турунан эрэллэрин итэҕэтиилээхтик сэһэргээбит. Оҕо кинигэни ааҕа олорон, кэпсээҥҥэ ойууланар дьайыылары хараҕар ырылыччы көрөр. Онно эбии кинигэ уруһуйдара кэпсээн дьоруойдарын уобарастарын толору ситэрэн биэрэллэр. Кэпсээҥҥэ киһи сүрэҕин долгутар түгэннэр баар буоланнар, киһи кинигэни илиититтэн араарбакка, биир тыынынан ааҕар.
Back to Top