Кривошапкиннар дьиэ кэргэн: «Сахалыы эйгэҕэ иитиллибит оҕо тирэхтээх, сайдыылаах буолар»
Кривошапкиннар дьиэ кэргэн: «Сахалыы эйгэҕэ иитиллибит оҕо тирэхтээх, сайдыылаах буолар»
️ Хас биирдии киһи бу Орто дойдуга бэйэтин аналын көрсөөрү кэлэр. Ону ким эрэ урут, ким эрэ хойут булан, олохторун холбууллар. Валентина уонна Рустам Кривошапкиннары Үөһээ Айыылар анаан, дьылҕаларын ситимнээн ыыппыттара буолуо дии саныыбын. Кинилэр оннук бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр, төрүт култуураларын өрө тутар, айар-тутар, талааннаах ыаллар.
Кинилэр быйылгы улуус ыһыаҕар ыытыллыбыт “Саха сайдам ыала-2024” дьиэ кэргэн куонкуруһун кыайыылаахтара. Хара нэһилиэгэр ыытыллыбыт улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕар дьиэ кэргэнинэн Павел Григорьевич Романов-Мыланыыскай «Кыыс Ньургустай Куо» диэн олоҥхотун толорон бастакы үрдэл, Амма улууһугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар дьиэ кэргэнинэн хомус куонкуруһугар «Сайыны уруйдаан» диэн хомуска дьүһүйүүлэринэн бастакы миэстэни ылбыттара.
Рустам Митрофанович Кэбээйи улууһун, Сэбээн-Күөл нэһилиэгиттэн төрүттээх. Омугунан эбээн. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр, кини ы...
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса