“Якутяночка“ в исполнении Натальи Трапезниковой с оригинальным ТЕКСТОМ песни!
Песня Аркадия Алексеева на стихи Семена Данилова (версия на русском языке Леонида Дербенева) в исполнении Натальи Трапезниковой. Оригинал называется “Саха үҥкүүтэ“ - “Якутский танец“. Каноничный текст песни:
Үрүмэччи үөрүн курдук,
Арыы-дьэҥкир халлаан курдук,
Көөнньөрүүлээх кымыс курдук,
Көҥүл санаа кыымын курдук
Дьоллоох саха кыргыттара
Чороон тутан таҕыстылар.
Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр
Оһуор үктээн киирдилэр,
Нуоҕай лабаа илиилэр
Дьол ырыатын тистилэр...
Үөрэ сөхпүт санаабар
Алаас тыала ил гынар.
Чуумпу Лена долгунунуу,
Туундара үрүҥ кубатыныы,
Алаас хотун хатыҥыныы,
Атан эрэр ньургуһуннуу,
Намыыннарын, наскылларын,
Нарыннарын баҕастарын.
Кэрэ-бэлиэ кэпсээн курдук,
Сэрэтиилээх сэһэн курдук,
Ылбай чаҕаан ырыа курдук,
Ыраас таптал кыымын курдук
Сахам нарын үҥкүүтэ
Сахам сирин кэрэтэ!